Булуҥ улууһун аҕыс оскуолатыгар «Первая профессия» бырагыраама үлэлиир. Манна Арктикаҕа наадалаах идэлэргэ уһуйуллаллар, диэн суруйда Саха сирин профессиональнай үөрэҕин сайдыытыгар институт редакционнай-издательскай киинэ.
Үөрэх «Арктика» оробуочай кадрдары бэлэмниир бааза киинигэр ыытыллар.
Бырайыак Булуҥҥа балаҕан ыйыгар стартаабыта. Билигин оҕолор «делопроизводитель», «изготовитель художественных изделий из кожи», «инструктор-проводник по пешеходному туризму и трекингу», «исполнитель художественно-оформительных работ», «оленевод», «консультант в области развития цифровой грамотности населения» уонна «рыбак прибрежного лова» идэлэргэ үөрэнэллэр. Үөрэтии үс сыл барар. Түмүктүүллэригэр сибидиэтэлистибэ туталлар, онон үлэҕэ киириэхтэрин сөп.