13 Кулун тутар 13.03
  • -31°
  • $ 86,62
  • 93,97

Бултааһын уонна бултаах сирдэри харыстааһын туһунан сокуоҥҥа уларытыылар киирдилэр

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Ил Түмэн олунньу 26 күнүнээҕи пленарнай мунньаҕар бастакы ааҕыыга «Бултааһын уонна бултаах сирдэри харыстааһын туһунан» сокуон 11 ыстатыйатыгар уларытыылары киллэрэр 191-7 №-дээх сокуон барыла ылылынна.

Норуот дьокутааттара А.М. Находкин, А.И. Корякин, А.П. Атласов, И.И. Григорьев уонна В.М. Прокопьев киллэрбит сокуоннарын барыла бултааһыҥҥа көҥүлү үллэриини бэрээдэктиир федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн оҥоһулунна.

Билигин үлэлии турар 11 ыстатыйаҕа этиллэринэн, хотугу кыыл табаны уонна кииһи бултааһын квоталарын үллэрии булчуттартан киирэр сайабылыанньа бэрээдэгинэн ыытыллар. Бу бэрээдэгинэн сайабылыанньа судаарыстыба өҥөтүн порталын нөҥүө эбэтэр быһаччы өрөспүүбүлүкэ Экологияҕа министиэристибэтин территориальнай салааларыгар ылыллар. Ону кытта, биир булчут бултааһыҥҥа лимиити барытын ылар кыахтаах этэ, ол аһара бултааһын кутталын үөскэтэрэ.

Онон сибээстээн, сокуон барыла маннык түгэннэри суох оҥорор сыалтан, сокуонунан атын дьон интэриэһин учуоттуурга туһуланар, суруйда Саха сирэ саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова