24 Сэтинньи 24.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Бу өрөбүллэргэ Нам улууһугар «Эҥсиэли хапсаҕайа» турнир буолар

17:01, 11 марта
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэ күүстээх тустууктара бу өрөбүллэргэ «Эҥсиэли хапсаҕайа» турнирга Нам сэлиэнньэтигэр түмсүөхтэрэ. Эр дьоҥҥо муҥутуур кыайыылаахтар 150-нуу тыһ солк ылыахтара, суруйар ЯСИА.

«Эҥсиэли хапсаҕайа» турнир кулун тутар 16 — 17 күннэригэр буолар.

Эр дьон алта ыйааһыҥҥа киирсиэхтэрэ, бэтэрээн эр дьон биэс ыйааһыҥҥа.

Кыайыылаахтарга 30-туу тыһ солк көрүллэр, үрүҥ көмүстэргэ — 20-лии тыһ солк, боруонсалар 10-нуу тыһ солк тутуохтара.

Маны сэргэ муҥутуур кыайыылааҕы быһаарыыга түөрт киирсии олохтонуоҕа. Эр дьон 75 кг диэри уонна онтон үөһэ ыйааһыҥҥа сүрүн бириис  — 150 тыһ солк — иһин тутуһуохтара.

Бэтэрээн эр дьоҥҥо 80 кг диэри уонна онтон үөһэ, сүрүн бириис — 100 тыһ солк.

Күрэхтэһии А категориялаах, онон өрөспүүбүлүкэ хапсаҕайга маастарын нуорматын толоруохха сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА