«Единая Россия» баартыйа Госдуума көрүүтүгэр дьон олорор дьиэлэрин гаас оттукка босхо холбуур туһунан сокуон барылын киллэрдилэр. Докумуоҥҥа ол туһунан сурулла сылдьар, диэн иһитиннэрдэ баартыйа генсэбиэтин сэкирэтээрэ бырабыыталыстыба кыттыылаах президент мунньаҕар.
««Единая Россия» бырагырааманы оҥорууга бырабыыталыстыбаны кытта үлэлээтэ. Социальнай хайысхалаах гаастааһын барылын схематын бырабыыталыстыба бигэргэттэ. Дьону гаас оттугунан хааччыйыы туһунан президент ыҥырыытыгар баар. Билигин Госдуумаҕа ыытабыт», — диэтэ Андрей Турчак.
Кини эппитинэн, боппуруос кэлэр сессияҕа көрүллэр.
Санаттахха, баартыйа генсэбиэтин сэкирэтээрин солбуйааччытын быстах кэмҥэ э.т. Дмитрий Кобылкин Тверь уобалаһыгар командировкатын кэнниттэн дойду президиэнигэр гааһы дьоҥҥо босхо холбуур туһунан этии киллэрбитэ.