Бэс ыйын 27 күнэ — Аан дойдуга Балык булдун күнэ. Дьоҕус уонна орто тэрилтэлэр күннэрэ. Арассыыйаҕа Ыччат күнэ. Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, 1985 сыллаахха ХНТ «Аан дойдутааҕы ыччат сылын» ыыта сылдьыбыта. Арассыыйаҕа 2009 сыл — ыччат сылынан биллэриллибитэ. Бу күн Арассыыйаҕа 1993 сыллаахтан Бастакы Аҕа баһылык Б. Н. Ельцин уурааҕынан сылын аайы бэлиэтэнэр буолбута.
🔹1708 — Дьокуускайга Троица кафедралаах собуора тутуллубут. Манна 1859 сыл от ыйын 19 күнүгэр аан бастаан саха тылынан литургия оҥоһуллубут.
🔹1905 — Арассыыйа — Дьоппуон сэриитин кэмигэр хотторуулаах Цусима кыргыһыытын кэнниттэн Хара байҕалга «Потёмкин» броненосец хамаандата өрө турбут. Бу өрө туруу Бастакы Нуучча өрөбөлүүссүйэтин биир чаҕылхай түгэнэ буолар.
🔹1929 — Сэбиэскэй бырабыыталыстыба үс сылтан ордук болдьохтоох хаайыылаахтары үлэ лааҕырдарыгар (ИТЛ) көһөрөр туһунан уураах таһаарбыт.
🔹1941 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр «Бэлэм буол» оҕо хаһыата 277-с нүөмэрин таһаарбыта. Манан хаһыат үлэтэ тохтообута. Эрэдээктэрэ Дьүөгэ Ааныстыырап ити кэнниттэн сэриигэ барбыта. Кыргыһыы хонуутугар 1944 сыллаахха өлбүтэ. «Бэлэм буол» хаһыат 1959 сыл тохсунньу 1 күнүттэн хат тахсар буолбута.
🔹1941 — Венгрия ССРС-ка сэриини биллэрбит.
🔹1942 — Кимэ-туга чуолкай биллибэт Ноговицын Иван Иванович диэн киһи суруга «Кыым» хаһыакка бэчээттэммит. Онно Чурапчы оройуонун Сылаҥ нэһилиэгинээҕи Энгельс аатынан холкуос чилиэннэригэр эҕэрдэ ыыппыт. Тиихэй Акыйааннааҕы флокка сулууспалыырын эппит.
🔹1968 — Чехословакияҕа «Литэрэтиирэ хаһыатыгар» «Икки тыһыынча тыл» диэн ааттаммыт ыҥырыы сурук тахсыбыт. Бу сурукка Чехословакия бары араҥаларын бэрэстэбиитэллэрэ илии баттаабыттар. Сурук ис хоһооно — дьиҥнээх демократияҕа түргэнник көһүү. Бу ыҥырыы «Прага сааһын» чыпчаал түгэнэ буолбута. ССРС уонна Варшавскай сөбүлэҥ атын дойдуларын салалталара Чехословакияттан «контрреволюцияны» күөттүүр уларытыылары сабарыгар модьуйбуттара.
🔹1945 — Иосиф Сталиҥҥа ССРС Генералиссимуһун сыбаанньата иҥэриллибит.
🔹1967 — Англияҕа Энфилд куоратыгар аан дойдуга бастакы харчы биэрэр банкомат туруоруллубут.
🔹1997 — Таджикистааҥҥа гражданскай сэрии түмүктэммит.
🔹2011 — Ил Дархан Егор Борисов Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Хомус күнүн сэтинньи 30 күнүгэр бэлиэтиир туһунан ыйаахха илии баттаабыт.
Төрөөбүттэр:
🔸1959 — артыыс, режиссер, сценарист Андрей И (Андрей Фёдорович Хорошев).
Өлбүттэр:
🔹1944 — Лондоҥҥа ньиэмэс ФАУ-2 ракетатыттан Вера Менчик өлбүт (1906 төр.), шахмакка аан дойду бастакы чөмпүйүөн дьахтара.
🔹1961 — Мухтар Ауэзов (1897 төр.), казаах суруйааччыта.
🔹2001 — Туве Янссон (1914 өлб.), фиин суруйааччыта, муми-тролль туһунан кинигэлэр ааптардара.
https://sah.wikipedia.org/wiki/Андрей_И_(Хорошев,_Андрей_Фёдорович)
https://sah.wikipedia.org/wiki/Бэс_ыйын_27
https://sah.wikipedia.org/wiki/Ыччат_күнэ
https://sah.wikipedia.org/wiki/Балыктааһын
https://sah.wikipedia.org/wiki/Кэскил_-_Юность_Севера