Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр барыта 200 кыттааччылаах «РЕНЕССАНС» диэн бальнай үҥкүүгэ бастакы аһаҕас турнир буолан ааста.
Бүлүүттэн 5 паара баран кытынныбыт. 3 паара 1 степеннээх финалистарга киирсэммит, гранд сеньоры 4 (70-75 саастаахтар) Рожин Егор, Иванова Клавдия — 1 миэстэ, гранд сеньоры 3 (65-70 саастаахтар) Тихонов Руслан, Парникова Надежда — 4 миэстэ, гранд сеньоры 2 (60-65 саастаахтар) Тутукаров Василий, Протопопова Александра — 4 миэстэ буоламмыт ситиһиилээхтик кыттан кэллибит.
«Ай-Лаана» үҥкүү коллектива инникитин да кыайыы кынаттанан, доруобай, чэгиэн сылдьыаххайыҥ диэн туран салайааччыбытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитигэр, хореографпытыгар Зинурова Светлана Ефимовнаҕа улахан махталбытын тириэрдэбит.
Ааптар: Надежда Парникова, «Ай-Лаана» үҥкүү коллектива, Олох суола хаһыат телеграм-ханаала