Хой
Үлэҕэ-хамнаска уонна дьиэ кэргэҥҥэ кыра иирсээн тахсыан сөп. Үлэҕэр аһары көхтөөх буолар наадата суох, биир идэлээхтэргиттэн ким эрэ ордуҕургуур.
Оҕус
Күүстээх алыпка наһаа ылларыма, бу күн буола турар түгэннэргэ көхтөөх буол, үлэттэн толлума.
Игирэлэр
Бу күн эйигин тургутан көрүө. Эр дьон араас албастар көмөлөрүнэн дьылҕаларыгар дьайа сатыахтара. Дьахталларга олус сыаналаах малы-салы атыылаһыы үлүскэнэ баар буолуо.
Рак
Дьиэ кэргэн тэрээһиннэрин оҥорорго табыгастаах күн. Омук ыалдьыттарын кытта билсиһэр кыах үөскүөн сөп. Айар дьоҕурдаах дьон концертка эбэтэр фестивальга сылдьаргыт тоҕоостоох.
Хахай
Туһата наадата суоҕунан дьарыгырыма, омуннанан үлүһүйүмэ. Туһалаах атыылаһыыны дьүккүөрдээх дьоҥҥо «сэттэ төгүл кээмэйдээ, онтон биирдэ ылыҥ» диэн өс хоһоонун тутуһарга сулустар сүбэлииллэр.
Кыыс
Бэйэҥ эппиэтинэскин атын киһиэхэ сүктэрэ сатыыргыттан күн иккис аҥарыгар тус уонна дьыалабыай сыһыаннарга ыарахаттар баар буолуохтарын сөп.
Ыйааһын
Бүгүн дьиэлээхтэргин кытары күҥҥүн атаарарын ордук. Дьиэҕэ бэрээдэги олохтооҥ.
Скорпион
Эйиэхэ итэҕэйэр дьоҥҥун кэлэтимэ. Бүттүүн болҕомто киинигэр кииримэҥ. Тулалыыр дьону кытта иирсииттэн куотуна сатааҥ.
Охчут
Атын дьон санаатын кытары ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыҥ. Үгүс уустук быһыыга-майгыга аймахтаргытын, чугас дьоҥҥутун өйүүргэ тирэҕириэххэ наада.
Чубуку
Кэпсэтиилэр этэҥҥэ ааһыахтара. Ситиһии уонна табыллыы бүгүн эһиги диэки. Тус олоххор баар кыһалҕалары быһаарарга табыгастаах күн. Кэлэр кэскили былаанныыр кэм.
Күрүлгэн
Баҕа санааҕын хааччахтыаххын уонна сиэри- туому тутуһуоххун наада. Күнүһүн саҥа дьыалаттан, кэпсэтииттэн туттунуҥ. Кинилэр билиҥҥи балаһыанньаны уустугуруохтарын сөп.
Балыктар
Күн саҥа кыахтары уонна интэриэһинэй этиилэри бэлэхтиэҕэ. Бу барыта эһиги талааннаргытын, сатабылгытын арыйан биэриэҕэ.
Эҥсиэли