Саха сиригэр XXVI «Байанай» булчуттар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэрэ саҕаланна. Дьокуускайга уонна Нам улууһун Кыһыл сыырыгар ыытыллыаҕа, икки күн. Улуустартан 11 хамаанданан 88 булчут кыттар.
Экология министиэристибэтин булт хаһаайыстыбатыгар департамент салайааччытын солбуйааччыта Анатолий Попов эппитинэн, «Байанай» нэһилиэнньэ ортотугар булду пропагандалыыр, ыччакка булт үгэстэрин уонна сыаннастарын кэпсиир, көрдөрөр сыаллаах ыытыллар.
Тэрээһин Саха сиригэр булчут күнүгэр ананар, муус устар бастакы субуотатыгар бэлиэтэнэр.
Дьокуускайга ыытыллар күрэхтэһиигэ булчуттар спортиҥҥа, бинтиэпкэнэн, булт саатынан ытыыга күрэхтэһиэхтэрэ. Иккис күн Кыһыл сыырга түмсүөхтэрэ. Калашников аптамаатын ыһыахтара-хомуйуохтара, кутаа уотун оттуохтара, чэй өрүөхтэрэ, булт сокуонун билиигэ викторинаҕа кыттыахтара, ойбон алларыахтара, мэһэйдээх эстафета буолуоҕа.
Элбэх баал ылбыт хамаанда кыайыылааҕынан ааттаныаҕа.