«Биир ньыгыл Россия» баартыйа Госдума быыбарыгар Саха сириттэн кыттар кандидаттары талар барыллааһын куоластааһына былааһы уонна уопсастыбаны сомоҕолуурга, ону таһынан баартыйа аатын-суолун үрдэтиигэ туһаайыллар тэрээһин буолуохтаах. Ити туһунан баһылык Егор Борисов муус устар 12 күнүгэр праймериз кыттыылаахтарын кытта көрсүһүүгэ эттэ.
«Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар Госдума быыбарын хампаанньата саҕаланар түһүмэҕэ быһаарыллар. Барыллааһын куоластааһын – аһаҕас, демократичнай уонна булгуччулаах процедура буоларын өйдүөхтээххит », — диэтэ Е.Борисов.
Кини кыттааччылар бигэ санаалаах буолалларыгар, эппиэтинэһи ылыналларыгар ыҥырда уонна кинилэргэ чопчу соруктары туруорда.
Дойдуга тас политика күһэйиититтэн, бөрүкүтэ суох сабыдыалыттан, экономика көрдөрүүтэ намтааһыныттан төрүөттэнэн бүгүҥҥү быһыы-майгы судургута суоҕун Егор Борисов чиҥэтэн эттэ. «Уопсай саба быраҕан көрдөххө, Саха сирэ балачча үчүгэй туруктаах. Ол да үрдүнэн праймериз кыттыылаахтарыттан эппиэтинэс, дойду, өрөспүүбүлүкэ, киһи кыһалҕаларын өйдөөһүн эрэйиллэр”, — диэтэ кини.
Политическай мөккүөргэ, дьүүллэһиигэ кыттыы ураты улахан суолталааҕын ыйда. «Баар инструменнары: статистика дааннайдарын, социологическай чинчийиилэр түмүктэрин, ситэриилээх былаас үлэтин туһунан иһитиннэриини, о.д.а. бүүс-бүтүннүүтүн маннык дьүүллэһиигэ туһаныахха наада», — диир өрөспүүбүлүкэ баһылыга.
Быыбардааччыны интэриэһиргэтэр, кини итэҕэлин ылар ураты улахан суолталааҕын, кураанах эрэннэриини биэрэр сатамньыта суоҕун бэлиэтээтэ.
Дойду, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай инники сайдыытынан салайтаран, чопчу уонна дьиҥнээх түмүктэргэ тирэҕирбит хоруйдары биэрэр ордугун кини ыйда.
«Эһиги күүскүт — хамаандаҕыт», — диэтэ.
Санатар буоллахха, ыам ыйын 22 күнүгэр «Биир ньыгыл Россия» баартыйа Саха сиринээҕи салаатыгар барыллааһын куоластааһын ыытыллар. Онно 16 киһи кыттар. Куоластааһыҥҥа кыайбыттар Госдума быыбарыгар кандидат быһыытынан бигэргэнэллэр.