Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев бэс ыйын 3 күнүгэр 112 №-дээх дьаһалы таһаарда.
Дьаһалга олоҕуран, бэс ыйын 11 күнүгэр, парламент дьоҕус саалатыгар Ил Түмэн бүддьүөккэ үпкэ-харчыга уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтигэр “2023 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туолуутун туһунан отчуоту бигэргэтэр туһунан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин 109-7 №-дээх сокуонун барылын туһунан” тиэмэҕэ аһаҕас истии ыытыллыаҕа.
Санатан эттэххэ, судаарыстыба бүддьүөтүн туолуутун туһунан отчуот “Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүн тутулун туһунан“ сокуон 62-с, 63-с ыстатыйаларын ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн бэлэмнэннэ. Сокуон барылын Ил Түмэн саайтыгар киирэн көрүөххүтүн сөп диэн Ил Түмэн пресс-сулууспа иһитиннэрэр.
Ааптар: Саха парламент саайт.