22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Георгий Балакшин: "Азия оҕолоругар" Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандаларын 28 ыстаарсай тренер бэлэмниир

11:26, 29 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэҕэ спорт миниистирин бастакы солбуйааччы Георгий Балакшин «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы алтыс спортивнай оонньууга бэлэмнэнии тула пресс-конференция оҥордо.


Кини этэринэн, өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандалара оонньууга былаан быһыытынан бэлэмнэнэ сылдьаллар.

Георгий Балакшин бу иннинэ Саха сирин хамаандата 80% талыллыбытын этэн турардаах. Оттон бу буолан ааспыт пресс-конференцияҕа эппитинэн, үөрэтэр-дьарыктыыр 27 хомуур буолуоҕа. Онно сүүмэрдэммит хамаанда бастакы уонна иккис нүөмэрдэрэ кыттыахтара.

«Өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһии хаһаайына буоларынан икки хамаанда кыттар. Хамаандаларга киирэр спортсменнар сүүмэрдэннилэр. Бэлэмнэнии бүтэһик түһүмэҕэ чугаһаата. 28 ыстаарсай тренердэр, хамаандаларга 25 начальник нэдиэлэ аайы уопсай былааннааһын мунньаҕар мусталлар, үлэҕэ уларытыылары, эбиилэри, көннөрүүлэри киллэрэллэр», — диэтэ Георгий Балакшин.

«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы алтыс спортивнай оонньуу Дьокуускайга от ыйын 5-17 күннэригэр ыытылаллар. Манна спорт 22 көрүҥэр күрэхтэһиэхтэрэ, ол иһигэр мас-рестлинг, кураш уонна самбо киирэ сылдьаллар. Оонньууга үрдүк квалификациялаах 800 судьуйа үлэлиэҕэ, оттон 2 тыһыынча волонтер ыалдьыттарга көмөлөһүөхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА