«Азия оҕолоро» VIII оонньууларыгар Дьокуускайга аан бастакытын 100-тэн тахса волонтерга бэлиэ туттарыахтара. Ол туһунан оонньуулар кэмитиэттэрин президенэ Владимир Максимов эттэ.
«Ааспыт сылга үс уонна онтон элбэх оонньууга кыттыбыт волонтердарга анал бэлиэ туттарар туһунан быһаарыы ылыллыбыта. Билигин 100-тэн тахса киһи ылар буолла, бу олус үөрүүлээх. Бу аата «Азия оҕолоро» — спорт бырайыага эрэ буолбакка, араас дойдулар уонна регионнар олохтоохторун биир тыыҥҥа түмэр бырайыак буолар», — диэтэ Владимир Максимов.
Волонтердары кытта көрсүһүү бэс ыйын 24 күнүгэр «Модун» спорткомплекска буолла.
Сиһилии https://ysia.ru/znaki-otlichiya-vruchat-bolee-100-volonteram-igr-deti-azii-v-yakutske/