Дьокуускайга Комсомол болуоссатыгар «Азия оҕолоро» спортивнай Оонньууларга көҥүл тустууга чемпион уонна призер буолбут кыргыттары, уолаттары эҕэрдэлээтилэр. Дуорааннаах күрэхтэһиигэ СӨ тустууктара 4 — боруонса, 1 — үрүҥ көмүс, 2 — кыһыл көмүс мэтээли ыллылар.
Көбүөргэ Саха сирин хамаандатын тустууктара Дмитрий Илларионов (35 кг диэри ыйааһыҥҥа) уонна Айсен Никифоров (46 кг диэри ыйааһыҥҥа) олус үчүгэйдик тустан дьоннорун-сэргэлэрин сөхтөрдүлэр.
СФУо хамаандатыттан кыргыттар ордук табыллан тустаннар, кыһыл көмүс мэтээлэринэн Саха сириттэн хаалсыбатылар. Казахстан хамаандата ыарахан ыйааһыҥҥа (76 кг диэри) чаҕылхайдык туһунна уонна барыларыттан элбэх үрүҥ көмүс мэтээли хомуйда.
Казахстан тренерэ Жанбыл Абиров этэринэн, инники күөҥҥэ тахсыы төһө да уустуктардааҕын иһин, Олимпиадаҕа тирэх биэрэр. «Тэрээһин олус үчүгэй, үрдүк таһымнаах. «Триумф» спорка бэлэмнэнэргэ олус табыгастаах эбит. Урут Россия чемпионата манна буолбутун көрөн баран, биһиги эмиэ кыттыахпыт диэн сыал туруоруммутум», — диэн этэр.
Кыргыттарга:
Саха сирэ – 2 боруонса. Казахстан – 1 боруонса, 2 үрүҥ көмүс. СФУо — 1 боруонса, 2 кыһыл көмүс. Монголия — 1 үрүҥ, 1 кыһыл. Вьетнам — 1 боруонса.
Уолаттарга:
Саха сирэ — 2 кыһыл, 1 үрүҥ уонна 2 боруонса. Казахстан — 1 боруонса, 1 үрүҥ көмүс, 1 кыһыл. СФУо — 2 боруонса. ДФУо — 1 үрүҥ көмүс. Монголия — 2 боруонса. Таджикистан — 1 үрүҥ көмүс. Азербайджан — 1 кыһыл.