22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Арктика улуустарын бэкээринэлэрэ 5 мөл солк диэри субсидия ылыахтарын сөп

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр судаарыстыбаннай бюджеттан Арктика улуустарын бэкээринэлэригэр 5 мөл солк тиийэ субсидия ылалларыгар быһаарыы бигэргэттилэр. Үбүлээһин килиэби астааччылар материальнай-техническай баазаларын саҥардыыга ороскуоттарын чааһын сабыаҕа.

Субсидияны биэриигэ талыы куонкурус бэс ыйын 26 — от ыйын 2 күннэригэр буолуоҕа, суруйар Арктика министиэристибэтэ.

Субсидия алын кээмэйэ — 500 тыһ солк оҥорон таһаарар оборудование атыылаһыытыгар уонна транспортировкатыгар; 2 мөл солк эбийиэк  уонна (эбэтэр) бэкээринэ өрөмүөнүгэр тутуу матырыйаалын ылыыга; 5 мөл солк бэкээринэ модульнай дьиэтин атыылаһыыга.

Субсидия биэриитин бэрээдэгэ тустаах министиэристибэ официальнай саайтыгар баар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА