23 Сэтинньи 23.11
  • -22°
  • $ 102,58
  • 107,43

Арктика улуустарыгар 100 тыһыынча туоннаттан тахса таһаҕас тиэрдилиннэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2022 сылга Саха сирин Арктика оройуоннарыгар уунан таһаҕас тиэйиитин былаана 347 755,2 туоннаҕа тэҥнэһэр. Атырдьах ыйын 12 күнүнээҕи туругунан 229 393,5 туоннаны тиэйиннилэр, бу былаан 66% буолар, 109 946,7 туоннаны, ол эбэтэр былаантан 31,6% тиэртилэр. Бу туһунан СӨ Хааччыйыы кэмитиэтин пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.

Быйыл өрүс суолунан уопсайа 1,2 мөл. туоннаттан тахса таһаҕаһы өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар тиэрдиллиэхтээх. Навигация саҕаланыаҕыттан 847,2 тыһыынча туонна олох-дьаһах хааччыйар таһаҕаһы, ол эбэтэр былаантан 67% тиэйилиннэ, былаантан 57% Ол эбэтэр 723,8 тыһыынча туонна тиэрдилиннэ.

Бырабыыталыстыба хамыыһыйатын мунньаҕар кыттааччылар Саха сирин өрүстэригэр гидрология уонна судоходнай быһыы-майгы туруктарын уонна Джебарики чох разреһын ырыттылар.

Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин олоҕор- дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбыннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччу Иннокентий Андросов таһаҕас тиэрдиитин хаамыытын туһунан иһитиннэриини билиһиннэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар