Бэс ыйын 1 күнүттэн оҕолор төлөбүрдэригэр, дохуоттан тутулуктаах туох уларыйыы киирэрин туһунан, «Госуслуги» портал бэйэтин телеграмм-ханаалыгар кэпсээтэ.
Бэс ыйын 1 күнүттэн айах ииттинэн олоруу алын кээмэйэ 10 %-нан үрдүөҕэ, хамнас алын кээмэйэ улаатар онон оҕолоох ыалга төлөбүрү ааҕыыга бу дьайар:
- нэһилиэнньэ дууһатыгар;
- үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэ;
- оҕолорго.
Федеральнай тиийинэн олоруу алын кээмэйин таһынан регион таһыма эмиэ улаатыаҕа. Ол төлөбүрдэргэ сабыдыаллыыр.
Дьиэ кэргэн орто дохуота төһө кыалларынан регионнааҕы дьиэ кэргэн тиийинэн олоруу алын кээмэйин кытта тэҥнэһиэхтээх:
- бастакы уонна иккис 3 саастарыгар диэри оҕолоохторго төлөбүр — үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэ ;
- дьахтар хат кэмигэр ылар төлөбүрдэрэ, 3- тэн 7- гэр диэри уонна 8- тэн 17- гэр диэри саастаах оҕолоохторго— нэһилиэнньэ дууһатыгар.
Айах ииттинэн олоруу алын кээмэйин сайабылыанньа биэрбит күннэриттэн ааҕаллар. Сайабылыанньаны 2022 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн биэрдэхтэринэ, 10% үрдүк буолуоҕа.
Холобур, ыал ыйдааҕы дохуота 13 500 солк. этэ, оттон тиийинэн олоруу алын кээмэйэ бэс ыйын 1 күнүгэр диэри 12 400 солк. этэ. Төлөбүрү төлүүр бырааба тахсыбата. Кини тиийинэн олоруу алын кээмэйин улаатыннарыы кэнниттэн 13 640 солк. — оччотугар дьиэ кэргэн төлөбүрү ылар бырааптаах буолан тахсар.
Босуобуйа кээмэйэ 10% үрдүөҕэ, манна региональнай тиийинэн олоруу кээмэйиттэн тутулуктаах:
- үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ — дьахтар хат кэмигэр көрүллэр төлөбүрдэрэ;
- 3- гэр диэри саастаах оҕолорго, 3- тэн 7- гэр диэри уонна 8- тэн 17- гэр диэри саастаах оҕолорго.
Индексация кэнниттэн босуобуйа кээмэйэ 10% үрдүөҕэ. Бэс ыйыгар төрөппүттэр хамнастара үрдүөҕэ. Босуобуйу хайыы-үйэ анаммыт буоллаҕына, саҥа сайабылыанньа биэрэр наадата суох.