23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Анаабырга “Мэнду, аяврил, дылачат” бырааһынньык ыытылынна

14:54, 04 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ол курдук, ”Мэнду аяврил дылычат” бырааһынньыгын тохсунньу 30 күнүгэр “Чуораа” этнографическай комплекс таһыгар үөрүүлээхтик бэлиэтээтибит. Бырааһынньыкка күнү көрсүү сиэрин-туомун толорон аал уоту оттон,  арыылаах алаадьынан айах тутан, үрдүк айыыларга алгыс тыллары этэн, хараҥа полярнай түүннэртэн этэҥҥэ босхолонон, сырдыгынан сыдьаайа тыгар күммүтүн айхаллыы көрүстүбүт.

Тэрээһин түгэнигэр быыс булан культура үлэһитэ Алексеева Саргылаанаттан бырааһынньык туһунан санаатын иһиттим: “Бүгүн бары сүрдээх көхтөөхтүк элбэх киһи, оскуола оҕолоро  национальнай таҥастаах кэлэн күнү көрсө сылдьабыт. Уокка долганныы алгыстанан ыраастанан баран, эбэҥкилии чычыпкаанынан киирдибит уонна билигин национальнай оонньуулар буолуохтара. Һээдьэни уонна һэйрону оройуттан туттубут ”.

Һэйро, һээдьэ  үҥкүү кэмигэр маамыкта быраҕыыга күрэс ыытылынна. Манна кыыстыын уоллуун барыта кытынна. Кыайыылахтары киэһэ  “Алмаас” Культура киинигэр быйыл уон үһүс  төгүлүн ыытыллар “Мэнду, аяврил, дылачат” дьоро киэһэҕэ  наҕараадалаатылар. Бырааһынньыктааҕы тэрээһиҥҥэ улууска олорор омуктар түмсүүлэрэ кыттыыны ыллылар. Ол эбэтэр долган, эбэҥки, саха түмсүүлэрэ уонна Сааскылаахтааҕы орто оскуола сүүмэрдэммит хамаандата. Күрэхтэһээччилэр бэйэни билиһиннэриигэ, хотугу норуоттар фольклордарыгар, “Күн сардаҥалара” диэн национальнай колориттаах таҥас көрдөрүүтүгэр, хотугу норуоттар оонньууларыгар о. д. а. куоталастылар.

Сэрэбиэй быһаарыытынан бастакынан “Дылачыкаан” эбэҥкилэр түмсүүлэрэ сценаҕа тахсан бэйэтин билиһиннэрэн күрэһи саҕалаата. Иккиһинэн саха аймах “Сарыал” түмсүүтэ, үсүһүнэн Сааскылаах орто оскуолатын “Үрдэл” хамаандата уонна төрдүс нүөмэринэн улуустааҕы гимназия хамаандата уонна долган норуотун “Тэбэй” түмсүүтэ таҕыстылар.

Иккис түһүмэххэ “Дылачыкаан” түмсүү саҥа суртка көһүү сиэрин-туомун, саха аймах түмсүүтэ  оһуохай этэн, ыһыахха оонньонор сахалыы оонньуулары көрдөрдө. “Үрдэл” хамаанда Кытайга олорор эбэҥкилэр урууга сиэрдэрин-туомнарын, “Тэбэй” хамаанда долган оһуорунан оҕолор бэйэлэрэ айан таһаарбыт остуоруйаларын бэлэх ууннулар.

Күрэс биир саамай көхтөөх түһүмэҕэ бириэмэҕэ уонна хаачыстыбаҕа тоҥ балык кыһыыта буолла. Манна эр дьон эрэ буолбакка, кэрэ аҥардар эмиэ кыттыыны ыллылар.

Татьяна Андросова, “Дылачыкаан” эбэҥки норуотун түмсүүтүн салайааччы: “Эбэҥкилэр түмсүүлэрэ күнү көрсүү бырааһынньыгын курэ5эр, санаабыт көтөҕүллэн, олус көхтөөхтүк кытта сылдьабыт. Өрөбүл күҥҥэ сынньалаҥмытын туһалаахтык атаардыбыт ”.

Ити курдук, Хотугу муустаах муораны өҥөйө сытар Анаабыр улууһугар “Мэнду аяврил дылычат” диэн күнү көрсүү бырааһынньыга олус сэргэхтик ааста. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан күнү көрсөр бырааһынньык кыайыылааҕынан Сааскылаах орто оскуолатын “Үрдэл”хамаандата буолла. Иккис миэстэҕэ долган норуотун “Тэбэй” түмсүүтэ, үһүс миэстэҕэ “Сарыал” саха аймах түмсүүтэ  таҕыстылар. Ону таһынан “Бастыҥ ырыа таһаарааччы” номинация хаһаайкатынан Миронова Джулия (“Үрдэл”), “Балыгы кыһыы маастара” Туприн Вадим (“Үрдэл”), “Мэнду, аяврил, дылачат” бастыҥ  тэрийээччитэ Туприна Саргылаана (“Тэбэй”), “Бастыҥ сиэр-туом” — “Тэбэй” хамаанда, “Бастыҥ национальнай таҥас” – “Дылачыкаан” эбэҥкилэр түмсүүлэрэ буоллулар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА