22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Алтынньыга инфляция Саха сиригэр биллэрдик хамсаабата

13:03, 22 ноября
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Сыллааҕы инфляция Саха сиригэр алтынньыга 9,15% тэҥ. Балаҕан ыйын кытта тэҥнээтэххэ — 9,10% — көрдөрүү биллэрдик уларыйбата. Табаарга уонна өҥө оҥоруутугар сыана үрдээһинигэр сыллааҕы тиэмпэ түстэ, бородууктаҕа сыллааҕы үрдээһин тэтимирдэ.

«Үүт аһы оҥорон таһаарааччылар ороскуоттара улаатта, онон сыаналара эбилиннэ. Сырьеҕа уонна хаҕыгар сыана улаатта, тырааныспар ороскуота үрдээтэ. Онон сүөгэй уонна ынах арыыта алтынньыга сыаната эбилиннэ, балаҕан ыйыгар тэҥнээтэххэ», — диэтэ Россия баанын Саха сиринээҕи салаатын экономикаҕа отделын салайааччыта Анастасия Долгунова.

Алтынньыга туттар табаарга сыллааҕы сыаната биллэрдик эбиллибэтэ. Массыына уматыга, балаҕан ыйын кытта тэҥнээтэххэ, үрдээтэ. Ити эрээри биир сыл анараа өттүгэр биллэрдик сыаната эбиллибитэ. Ол түмүгэр сыллааҕы көрдөрүүнэн, 2024 сыл алтынньытыгар бензиҥҥэ сыана кыччаата.

Россияҕа сыллааҕы инфляция алтынньыга 8,54% буолла.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА