22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ыам ыйын 21 күнүгэр Аллараа Бэстээххэ паром бастакы сырыытын оҥоруоҕа

15:05, 19 мая 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Аны аҕыйах хонугунан  Дьокуускай – Аллараа Бэстээх, Хаҥалас – Суотту хайысхаларынан паромнар сырыылара саҕаланыа. Ыам ыйын 21 күнүгэр «Дьокуускай» СХ парома, боруобалааһын быһыытынан, бастакы рейси оҥороро былааннанар.


СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Семен Винокуров иһитиннэрбитинэн, паромнар расписание быһыытынан, ыам ыйын 23 – 24 күннэриттэн сылдьыахтара. Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан быйылгы навигацияҕа 9 паром үлэлиирэ былааннанар. Оттон Хаҥалас – Суотту учаастагынан 2 уонна Мохсоҕоллоох – Хачыкаат хайысхатынан 7 паром сылдьыаҕа.

Тарыып былырыыҥҥынан хаалла. Ол курдук 2016 сыллааҕы навигацияҕа сыана тиэхиньикэ ыйааһынынан олохтонон, 1,2 тоннаҕа диэри ыйааһыннаах массыына 205 солк., 2,5 тонналаах – 855 солк., 4 тонналаах – 1365 солк., пассажирдары таһар оптуобустар, ол иһигэр 25 миэстэлээх – 1535 солк., 25 миэстэттэн үөһэ – 2390 солк., Икарус кылаастаах – 2730 солк., матасыыкыл, мотороллер бары көрүҥэ – 170 солк. этэ.

edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА