25 Муус устар 25.04
  • -1°
  • $ 92,51
  • 98,91

Аллараа Бэстээххэ 240 миэстэлээх оҕо саадын тутуу саҕаланна

12:41, 22 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Муус устар 21 күнүгэр Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр 240 миэстэлээх оҕо саадын бастакы сыбаайата үөрүүлээх быһыыга-майгыга туруорулунна. Саҥа тутууну олохтоох «Авангард» ХЭТ тутааччылара ылсан үлэлиэхтэрэ.


Тутуу судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһиҥҥэ олоҕуран СӨ Бырабыыталыстыбата, Үөрэх, Үп министиэристибэлэрин өйөбүллэринэн итиэннэ «Алмазэргиэнбанк» тэрилтэ үбүлээһининэн ыытыллыаҕа. Ил Дархан сөбүлэҥин ылынан, баан өрөспүүбүлүкэҕэ 16 оҕо саадын тутууга бырайыактары олохтообут. Олортон үс бырайыага биһиги улууспутугар: Майаҕа, Аллараа Бэстээххэ 240-нүү уонна Төҥүлүгэ 140 миэстэлээх оҕо саадтара тутуллуохтара.

«Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 16 бырайыактан үһэ биһиги улууспутугар туолара ‒ биһиги исписэлиистэрбит докумуоннары бэлэмнээһиннэрэ, үлэлэрэ-хамнастара үчүгэйин көрдөрөр. Кэҥээн, элбээн иһэр эрэ нэһилиэнньэлээх Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр саҥа оҕо саада тутуллара улахан суолталаах. «Алмазэргиэнбанк» тэрилтэҕэ олохтоохтор ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит уонна эһиилги үөрэх дьылыгар уһуйаан үлэҕэ киллэриллиэҕэ диэн эрэнэбит«, ‒ диэн улуус баһылыга Николай Старостин эттэ.

Эҕэрдэ тылларын «Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэ» МТ баһылыга Георгий Бор, «Алмазэргиэнбанк» управляющайын солбуйааччы Данил Шамаев, «Авангард» тутуу тэрилтэтин генеральнай дириэктэрэ Николай Шишигин эттилэр. Георгий Михайлович оройуон салалтатыгар күүс-көмө буолан, олохтоохтор өр кэтэспит ыра санаалара олоххо киллэриллэн эрэриттэн махталын тиэртэ.

Бастакы сыбаайа түһэриллэр дьоро күнүгэр алгысчыт Петр Тихонов арыылаах алаадьынан аал уоту оттон тутуу этэҥҥэ барарыгар Үрдүк Айыылартан көрдөстө.

Күн-бүгүн бөһүөлэккэ икки хаарбах туруктаах, уопсайа 225 миэстэлээх оҕо саадтарыгар 260 кэриҥэ кырачаан сылдьар. Онон толору хааччылыылаах, үс мэндиэмэннээх аныгылыы быһыылаах оҕо саада тутулларын бөһүөлэк бары олохтоохторо даҕаны, кырачааннара даҕаны үөрэ кэтэһэллэр

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА