18 Муус устар 18.04
  • $ 94,32
  • 100,28

Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Дойду нэһилиэгэр сайыҥҥы уу ситимин киллэрдилэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр түөрт сыл ыытыллан, нэһилиэктэр биллэрдик тупсубуттара харахха быраҕыллар.

Бырагыраама көмөтүнэн нэһилиэк аайы бырайыактар үлэҕэ киирдилэр. Дойду нэһилиэгэр бырайыак көмөтүнэн бу сылга сайыҥҥы уу ситимэ киирдэ. Уу ситимэ киирбитэ олус үөрүүлээх уонна көмөлөөх. Бырайыакка нэһилиэк көмөтө улахан суолталаах. Нэһилиэк бүддьүөтүттэн 100, нэһилиэк олохтоохторуттан 46 тыһыынча солк, оттон 1.5 мөл солкуобайы өрөспүүбүлүкэ көрбүтэ. Үлэни бэдэрээтчит Павел Ионович Цыпандин ылсыбыта. Дойду нэһилиэгэр олохтоох дьон көмөтүнэн сайынны уу ситимэ үлэҕэ киирэн, нэһилиэк олохтоохторун үөртэ-көтүттэ.

Анна Харитонова
Эркээйи

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА