Докумуон пилота суох авиационнай систиэмэлэри (БАС) сайыннарыы сүрүн хайысхаларын, сыалларын-соруктарын уонна эрэгийиэннээҕи экосистиэмэни тэрийии механизмнарын быһаарда. БАС сайдыыта Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Пилота суох авиационнай систиэмэлэр» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар.
Кэнсиэпсийэ уратыта — туспа сыаллаах көрдөрүү: БАС туһаныы сценарийдарын ахсаана. Сыллата бу көрдөрүү экэниэмикэҕэ уонна уопсастыбаннай олоххо пилота суох аппарааттары туһаныы хайысхаларын кэҥэтиини көрөр.
Билигин дроннар тырааныспар логистикатыгар, ойуур кэтэбилигэр уонна баһаартан сэрэтиигэ, тыа хаһаайыстыбатыгар, доруобуйа харыстабылыгар уонна ыраах нэһилиэнньэлээх пууннарга таһаҕас тиэйиитигэр саҥа кыахтары арыйаллар. Сорук — судаарыстыба, биисинэс уонна билим кыахтарын холбоон, дойду оҥоһууларын өйүүрү хааччыйыы.



