Аллара Бэстээххэ пассажирдар уу тырааныспарын күүтэр миэстэлэрэ оҥоһуллар. Ол туһунан тырааныспар миниистирин солбуйааччыта Семен Коркин эттэ.
Дьокуускайга сыттык олбохтоох суудуналары күүтүүгэ анаан эмиэ пуун тутуллара былааннанар. Причал 203 микрооройуонтан көһөрүллэр.
«Дьокуускай — Аллара Бэстээх хайысханан 30 суудуна сылдьар, онтон 14-дэ паром. Уу тырааныспарын 10-на чааһынай тэрилтэ бас билиитэ», – диэтэ салайааччы.