Бүгүҥҥү күҥҥэ диэри Аллайыаха Чокурдааҕар оскуола үөрэнээччилэрэ 1985 сыллааҕы эргэ мас дьиэҕэ үөрэммиттэрэ. Билиҥҥи тутуллубут саҥа эбийиэк 5 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх уонна 275 миэстэлээх, суруйда Саха сирэ.
Итини сэргэ Эбээн-Бытантай улууһугар Баатаҕай нэһилиэгэр 220 миэстэлээх саҥа оскуола үлэҕэ киирдэ.
Амма оройуонун Абаҕа сэлиэнньэтигэр оскуола-оҕо уһуйаана 150 уонна 75 миэстэлээх аһылынна. Кэбээйи улууһун Сайылык нэһилиэгэр 275 миэстэлээх оскуола аанын астылар, оттон Таатта улууһун Туора Күөлүгэр 50 миэстэлээх оҕо уһуйаана аһылынна. Ону таһынан Дьокуускай 26 №-дээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ үөрэх тэрилтэтин сүрүн дьиэтигэр эбии тутуу эбийиэгинэн туһанар кыахтаннылар.
Ил Дархан Айсен Николаев этэринэн, оскуола саҥа дьиэлэрин тутуута тупсаҕай усулуобуйаҕа хаачыстыбалаах үөрэх хааччыйыытын кыһалҕатын быһаарарга кыах биэрэр.