22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Александр Жирков: «Уһук илин гектар» туһунан сокуоҥҥа Саха сирин уратылара уонна олохтоох дьон интэриэһэ аахсыллыахтаах

16:13, 01 августа 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

От ыйын 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Судаарыстыбаннай Дума дьокутаатын Галина Данчикованы кытта «Судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай бас билиигэ уонна Уһук Илин федеральнай уокурук састаабыгар киирэр Россия Федерациятын субъектарын сирдэригэр-уоттарыгар сир учаастагын гражданнарга биэрии уратыларын туһунан уонна Россия Федерациятын тустаах сокуон суолталаах аакталарыгар уларытыы киллэрэр туһунан» Федеральнай сокуону олоххо киллэрии хаамыытын сүнньүнэн мунньаҕы тэрийэн ыытта.


Мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар министиэристибэтин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕа харыстабылыгар министиэристибэтин, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Росреестр «Федеральнай кадастровай палаататын» филиалын, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Судаарыстыбаннай регистрация, кадастр уонна картография федеральнай сулууспатын управлениетын уонна да атын тэрилтэлэр салайааччылара, ону тэҥэ Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ кыттыыны ыллылар.

Спикер Александр Жирков мунньаҕы аһарыгар 2016 сыл ыам ыйыгар ылыныллыбыт Уһук илин гектар туһунан Федеральнай сокуон Судаарыстыбаннай Думаҕа хайы-үйэ үһүс төгүлүн көрүллүбүтүн, бүгүҥҥү күҥҥэ сокуон 20 ыстатыйатыттан 14-гэр көннөрүү киллэриллэн сокуону уларытыыга үлэ тохтоло суох бара турарын бэлиэтээтэ.
«Сокуон хара маҥнайгыттан балайда ыксаллаахтык ылыныллыбытын бары билэҕит. Саха сирэ сокуону тиэтэйбэккэ, хас да түһүмэхтээн, сыыһаны-халтыны анаан үөрэтэн, сөҥөрдөн ылынарга туруорсубутун эмиэ билэҕит. Ол эрээри биһиги этиилэрбит сорох сүрүн өттүлэрэ ситэ аахсыллыбатахтара. Билигин олорго хаттаан төннөргө күһэллии эмиэ баар. Олох бэйэтэ күһэйэр», – диэн Ил Түмэн спикерэ анаан бэлиэтээтэ.

Бу сокуоҥҥа кэнники уларыйыылар бу дьыл от ыйын 25 күнүгэр ылынылыннылар. Сокуоҥҥа уларытыы бастакы барылыгар «уһук-илин гектар» инникитин бултуур сиргэ эмиэ бэриллиэн сөп диэн этии киирбитэ. Ил Түмэн ону утаран 2017 сыл от ыйын 5 күнүгэр уларытыылары тохтотон төттөрү ыҥырар туһунан уураах ылынан Судаарыстыбаннай Думаҕа ыыппыта. «Биһиги туруорсуубут Судаарыстыбаннай Думаҕа көрүллүбүтэ. Судаарыстыбаннай Дума ылыммыт көннөрүүтэ, сүрүннээн, биһиги тутуһар санаабытын ааҕыста», – диэтэ парламент спикерэ. Ол курдук, Судаарыстыбаннай Дума ылыммыт саҥа көннөрүүтүн быһыытынан, босхо бэриллибэт бултуур сири-уоту Россия Федерациятын субъектарын судаарыстыбаннай былааһын үрдүкү толорор уорганнара быһаарар буоллулар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар миниистирэ Евгения Григорьева бүгүҥҥү күҥҥэ сир учаастагын ылар туһунан 18034-тэн тахса сайаапка бэриллибитин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар олорор гражданнары кытта 4038 дуогабар түһэрсиллибитин туһунан эттэ.

Судаарыстыбаннай Дума дьокутаата Галина Данчикова сокуону уталыппакка толоруу боппуруоһугар тохтоото уонна ону өрөспүүбүлүкэҕэ олоххо киллэриигэ ыйыы-кэрдии биэрдэ. Ол курдук, Россия Федерациятын уһук-илиҥҥи субъектара бултуур сирдэрин-уоттарын харыстыыр туһуттан бэриллибэт учаастактары быһаарыах тустаахтар.

Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев булдунан дьарыктанааччылары кытта үлэни күүһүрдэр наадалааҕын ыйда. «Бастатан туран, булдунан дьарыктанааччылары кытта тустаах сөбүлэһии түһэрсиллиэхтээх; иккиһинэн, өрөспүүбүлүкэ айылҕа харыстабылыгар министиэристибэтэ бултуур сир-уот схематын оҥорон реестргэ киллэриэхтээх», – диэн бэлиэтээтэ парламентарий.

Айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев өрөспүүбүлүкэҕэ 365 булдунан дьарыктанааччы баарыттан 86-та – биирдиилээн предприниматель, 279 – юридическай тэрилтэ буоларын, министиэристибэ кинилэри кытта бу дьүүллэһиллэр боппуруоска ыкса үлэлэһэрин бэлиэтээтэ. Билигин, сокуоҥҥа киирбит саҥа уларыйыыларга олоҕуран, айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ Ил Дархан анал Ыйааҕын бэлэмниир үлэни саҕалаата.

Парламент спикерэ Александр Жирков «уһук-илин гектары» Саха сирин олохтоохторо бэйэлэрэ ылар баҕалаахтарын, өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн букатын аҕыйах сайаапка киирбитин бэлиэтээтэ. Ол курдук, Россия Федерациятын атын субъектарыттан өрөспүүбүлүкэ 21 оройуонугар баара-суоҕа 225 сайабылыанньа киирбититтэн 4 дуогабар түһэрсиллибит. «Маны мыынар табыллыбат, – диэтэ Ил Түмэн спикерэ. – Сокуон биир күҥҥэ дуу, сылга дуу буолбакка, өр сылларга үлэлиэҕэ, ол-бу уларыйыылар, дьону, ордук чуолаан, өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн ыҥыра, угуйа сатааһын тохтуо суоҕа. Онон биһиэхэ уоскуйуу, бытаарыы суох буолуохтаах», – диэн Александр Николаевич мустубут салайааччыларга анаан-минээн бэлиэтээтэ.

Түмүгэр, Александр Жирков Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сокуону-быраабы кэтээн көрүүнү уонна «Судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай бас билиигэ уонна Уһук Илин федеральнай уокурук састаабыгар киирэр Россия Федерациятын субъектарын сирдэригэр-уоттарыгар сир учаастагын гражданнарга биэрии уратыларын туһунан уонна Россия Федерациятын тустаах сокуон суолталаах аакталарыгар уларытыы киллэрэр туһунан» 2016 сыл ыам ыйын 1 күнүнээҕи ФС 119 №-дээх Федеральнай сокуоҥҥа этиилэри бэлэмнээһини уонна уларытыыны киллэриини сүрүннүүр бырабыыталыстыба бөлөҕүн үлэтин күүһүрдэргэ итиэннэ Галина Данчикова Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьар кэмигэр тэриллибит бу бөлөх састаабын кэҥэтэргэ этии киллэрдэ.

«Федеральнай таһымҥа «Уһук илин гектар туһунан» сокуоҥҥа үлэ тохтообот, ол аата биһиэхэ, өрөспүүбүлүкэҕэ, бу сокуоҥҥа үлэлииргэ анаан тэриллибит бөлөх эмиэ тиһигин быспакка үлэлиэх тустаах. Бу сокуону толорууга даҕаны, сокуону инникитин тупсаран оҥорууга даҕаны боппуруос элбэх. Биһиги онтон туора туран, хаалан хаалыа суохтаахпыт. Үлэ уталыппакка, ол гынан баран бары өттүттэн толкуйдаан, охсуулаах содулларын аахсан туран, барыахтаах. Манна саамай суолталааҕа – биһиги федеральнай сокуоҥҥа киллэрэр этиилэрбитигэр дойдубут айылҕатын, климатын, экологиятын уонна этнологиятын уратылара, олохтоох дьон, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттары киллэрэн туран, интэриэстэрэ аахсыллыахтаах», – диэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА