Алдан оройуонун сүрүннүүр киинин көхтөөх дьоно быстах байыаннай хомуурга барбыт биир дойдулаахтарыгар баһыылкалары ыыталыыллар. Киһи күннээҕи олоҕор наадыйар тэриллэрин тиксэрэллэр.
Бастакы көмө балаҕан ыйын 30 күнүгэр Приморскай кыраай Бамбурово полигоҥҥа ыытыллыбыта, алданнар онно стрелковай биригээдэ састаабыгар киирэн, байыаннай бэлэми ааһаллар.
Иккис ыытыы Улан-Удэ десантнай-штурмовой биригээдэтигэр тириэрдиллибитэ.
«Баһыылкалары анал пууҥҥа күн аайы тутабыт. Оннук пууннар Алдаҥҥа, Томмокко, Солнечнай микрооройуоҥҥа, Ленинскэй бөһүөлэккэ уонна Хатыстыырга бааллар.
Тэрээһиҥҥэ элбэх киһи кыттар. Холобурга медицинскай колледж аптечкалары хомуйда, «Сюзанна» маҕаһыын бородууктанан биэрдэ», — диэтэ Анна Хололенко, сүрүннүүр киин бэрэстэбиитэлэ.
Бу субуотаҕа сылаас таҥастаах, тус гигиена маллаах, медикаменнаах сэттэ үрүксээк байыаннай комиссариакка туттарылынна, салгыы Алдан уолаттарыгар тиксэриллиэҕэ.