22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Алдан өрүһү туоруур күргэ тутуута былааннанар

15:04, 07 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Хотьковский автомост» ААУо «Халыма» Р-504 суол 350 – 374 килэмиэтиригэр Алдан өрүһү туоруур күргэлээх суол тутуутун былаанныа. «Бүлүү» федеральнай суол управлениета тэрилтэни кытары судаарыстыбаннай хантараак түһэристэ. Бу туһунан СИАҕа тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.


111,22 солк сыаналаах хантараагы Федеральнай суол пуондата уйунуо.

Бэдэрээтчит геодезическай съемканы, гидрологическай кээмэйдэри оҥоруо, күргэ ааһар сиригэр геологияны үөрэтиэ. Үлэ түмүгүнэн күргэлээх суол кэрчигин тутуу үс араас былаанын бэлэмниэ. Тутуу инвестиционнай суолталааҕын бигэргэтиэхтээх.

Билигин Алдан өрүһү паромунан туоранар. Күргэ тутулуннаҕына Халыма Р-504 суолунан Аллара Бэстээхтэн Магадаҥҥа диэри сылы эргиччи курдат сылдьыахха сөп буолуо.

Бэдэрээтчит суол тутуутун үс араас былаанын 2022 сыл сэтинньи 30 күнүгэр диэри оҥорон биэриэхтээх.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар