Алдан оройуонун Кутанатын чугаһыгар 40 гектар иэннээх ойуур баһаара умуруоруллар. Чугас кытыыта сэлиэнньэттэн 3 км тэйиччи. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Миэстэтигэр 42 киһи үлэлиир. Минерализованнай балаһа ууруллар, утары уот ыытыллар. Тыал, бүтэһик дааннайынан, нэһилиэнньэлээх пуун диэки үрэр.
«29 олохтоох киһини кытта «Якутлесресурс» тоҕус сотруднига, үс баһаарынай, биир ойуур хаһаайыстыбатын үлэһитэ бааллар. Уоту умуруорууну ойуур харыстабылын сотруднига, уопуттаах үлэһит салайар», – диэтэ бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников.
Үс күн субуруччу Россия ЫБММ Бе-200 амфибия сөмөлүөтэ көттө. Бүгүн эмиэ салгыы үлэлиэҕэ. Кутанаҕа эбии 10 киһилээх аэромобильнай бөлөх ыытыллыаҕа.
Кутананы таһынан, Алдан оройуонугар 1,5 тыһыынча гектардаах Угоянтан 20 км тэйиччи баар ойуур умайар. Манна 39 киһи үлэлиир, ол иһигэр «Авиалесоохрана» 30 сотруднига.