Ил Дархан Айсен Николаев бэс ыйын 12 күнүгэр устудьуоннар сайыҥҥы үлэлэрин арыллыытыгар кытынна. Тэрээһин «Саха сирин устудьуон этэрээтигэр албан аат» монумеҥҥа ыытылынна.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга устудьуоннар үлэлэрин семестрэ Россия күнүгэр арыллыбытын бэлиэ түгэн быһыытынан сыаналаата. 30 сыл анараа өттүгэр бу күн Российскай Федерация судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыллыбыта.
Айсен Николаев Россияҕа бу түһүмэх кэмҥэ олус элбэх оҥоһуллубутун, онон аан дойдуга сүрүннүүр миэстэни ылары ситиспитин эттэ. Кини Саха сирин олохтоохторо дойду сайдыыга хайысхатыгар биир сомоҕо буолан тэҥҥэ тутуһан, пандемия ыарахан содулун аһардан, кыайыылаах тахсарга эрэллээҕин биллэрдэ.
«Быйыл эһиэхэ ордук эппиэтинэс сүктэриллэр. Эһигини тутааччылар, суол оҥорооччулар, тупсарыныыга наадыйар нэһилиэнньэлээх пууннар уонна тыа хаһаайыстыбатын эйгэтин үлэһиттэрэ күүтэллэр. Эһиги туруоруллубут соруктары ситиһиилээхтик толороргутугар эрэллээхпин, профессиональнай таһымҥытын үрдэтиэххит», — диэн Саха сирин баһылыга байыастарга туһаайан эттэ.
Быйыл сайын Саха сирин улуустарыгар 2000 устудьуон үлэлиэҕэ, диэн сүрүн пресс-сулууспа иһитиннэрэр.