Өрөспүүбүлүкэ медицина тэрилтэлэрин салайааччыларын уонна оройуоттар киин балыыһаларын кылаабынай быраастарын кытта Ил Дархан Айсен Николаев көрүстэ. Тэрээһин Кардиососудистай диспансерга буолла.
Бу күн регион баһылыга балыыһаларга 42 массыына күлүүһүн туттарда. Николаев бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйа 10 сыла ыытыллар. Бу уопсастыба доруобуйатын тупсарыыга анаммыт дьаһал буолар. Бүтэһик биэс сылга саҥа эбийиэтэр киирдилэр, медицина тэрилтэлэрэ аныгы эмтиир тэрилинэн хааччыллаллар, дьону эмтээһиҥҥэ. ыарыыны чуолкайдык быһаарыыга саҥа технологиялар киирэллэр.
Ил Дархан медицина бастакы сүһүөҕүн сайыннарыыга болҕомто уурар, манна приоритет бэриллэр. 2023 сылга Чурапчыга, Ытык-Күөлгэ, Хонууга улахан балыыһалар, Дьокуускайга Онкологическай киин үлэҕэ киириэхтэрэ. Маны сэргэ Элгээйигэ быраас амбулаторията, Майаҕа уонна Сангаарга балыыһа комплекстара, Аммаҕа поликлиника, Намҥа, Бүлүүгэ, Ньурбаҕа эмтиир куорпустар тутуулара саҕаланна.
Айсен Николаев практическай медицинаҕа научнай чинчийиилэри киллэрии, биэдэмистибэлэр ардыларыгар үлэни күүһүрдүү наадатын эттэ. Кини быраастар цифровизацияҕа уонна медицинаны персонализациялааһыҥҥа, молекулярнай диспансеризацияҕа уонна Арктика медицинатыгар этиилэрин сөптөөҕүнэн аахта.