1 Алтынньы 01.10
  • 5°
  • $ 83,56
  • € 94,88

Ахсынньы 22 күнэ. Сулустар кэпсииллэр

09:01, 22 декабря 2023
Читайте нас на

Хой ♈️

⠀

Уруккуну саныыр буоллаххына ол аата билиҥҥи олоххо дьоло суоххун көрдөрөр бэлиэ. Онон толкуйданан көр, инникигин санаа

⠀

Оҕус ♉️

Санааҕын сааһылыырга, дууһалыын чэпчииргэ табыгастаах кэм. Саҥа баттах быһыыта оҥоһун, саҥа таҥас-сап бэйэҕэр ылын диэн сулустар сүбэлииллэр

⠀

Игирэлэр ♊️

⠀

Истиҥ доҕоргун кытары өйдөспөт түгэннэр баар буолуохтарын сөп. Өһөскүн холбоон баран олорума, утары илиигин уун, ол ордук буолуо

⠀

Рак ♋️

⠀

Бириэмэ ааһан истэҕин ахсын олоҕу көрүүҥ, олоххо сыһыанын чопчу уларыйан, сайдан иһэр. Ити түгэни мүччү тутума, кэккэ дьоҥҥун кытары үллэһиҥ

⠀

Хахай ♌️

⠀

Биири оҥоро тураҕын да табыллыбат курдук. Сатыыр, билэр дьонтон көмө көрдөһөргүн толлума, кыбыстыма

⠀

Кыыс ♍️

⠀

Сир төгүрүк, барыта эргиллэн бэйэҕэр кэлиэ. Оҥоруон иннинэ сэттэтэ толкуйдаан көр

⠀

Ыйааһын ♎️

Элбэхтэн биири, туһалааҕы таларга үөрэн. Барытын бииргэ сырса сылдьан барытыттан матыаҥ

⠀

Скорпион ♏️ 

Чугас дьонун туһугар олус долгуйаҕын, билигин эйиэхэ уустук кэм эрээри, барыта кэминэн буолуо

Охчут ♐️

Харчы элбэх дьыаланы быһаарар эрээри, эн олоххор сүрүн миэстэни ылыа суохтаах

Чубуку ♑️

Барытын тобулу кыайар туруктаах сылдьаҕын эрээри, сэрэнэн үктэн, муоста түөрэккэй буолуон сөп

Күрүлгэн ♒️

⠀

Үгүс дьон тулуйбат тургутуутун ааһа сылдьаҕыҥ. Бу кэннэ барытын ыраҥалаан көр

Балыктар ♓️

Бастаан утаа барыта биллибэт курдук эрээри, ис иһигэр киирдэххэ барыта олус судургу буолан биэриэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова