22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

АГАТУ-га саҥа «Саха сүөһүтэ» диэн ааттаах аудитория арылынна

Хаартыска: Ааптыр түһэриитэ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россиятааҕы устудуьоннар күннэрин көрсө АГАТУ-га саха төрүт сүөһүтүгэр аналлаах аудитория үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Саха сүөһүтүгэр аналлаах аудитория тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидатын, Саха АССР үтүөлээх зоотехнигын, СӨ Государственнай Бириэмийэтин лауреата Петр Аполлонович Романов аатын сүгэр.

Петр Романов саха сүөһүтүн чинчийбит, үөрэппит уонна кинини харыстааһыҥҥа үлэлээбит дьонтон биирдэстэрэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы араас конгресстарга, мунньахтарга саха сүөһүтүн гефондатын суолтатын бэлиэтээн туран ону харыстыырга боппуруостары туруорсубута.

Аудитория аһыллыытыгар кыттыыны ыллылар: СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров, АГАТУ ректора Валерий Федоров, «Саха сүөһүтэ» генофонда хааһына тэрилтэтин дириэктэрэ Александр Артемьев, «Сахаагроплем» тэрилтэ салайааччыта Алексей Жирков, ДьТХНЧИ дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Михаил Черосов уонна научнай үлэһит Руслан Попов, маны сэргэ Петр Аполлонович Романов төрөппүт кыыһа Екатерина Зыкина, аймахтара уонна үөрэппит устудьуоннара – өрөспүүбүлүкэ биллэр зоотехниктара уо.д.а.

Аҕатын туһунан Екатерина Зыкина сүрдээх истиҥник, киэҥник кэпсээтэ. Кини Москваттан кэлэ сылдьар. Манна диэн бэлиэтээн эттэххэ, аймахтара Петр Аполлонович бюһун оҥорторбуттар, ону аудиторияҕа бэлэх ууннулар.

«Петр Аполлонович төһө да кылгас олоҕу олордор кини норуотун туһугар үлэлээн-хамсаан ааспыта. 1984 сыллаахха тахсыбыт «Охрана и использование генофонда якутского скота» диэн кинигэтин «Саха сүөһүтэ» тэрилтэ 2020 сыллаахха хос бэчээттэтэн таһаартарбыта. Онтон ыла Петр Аполлонович үлэлээбит үлэтэ киэҥ араҥаҕа иккистээн тахсан, саҥа тыыннанан, бу эйгэҕэ үлэлиир дьоҥҥо улахан көмө, бэлэх буолбута саарбаҕа суох. Биһиги аҕабыт аата күн бүгүҥҥэ диэри ааттанарыттан, кини үлэлэригэр болҕомто уурулларыттан олус үөрэбит. Кырдьыга даҕаны, саха сүөһүтэ – саха омук төрүт баайа, киэн туттуута буоллаҕа. Хас биирдии саха сүөһүтүн иитэр киһи манан киэн туттуохтаах», — диэн бэлиэтээтэ Екатерина Петровна.

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров саха сүөһүтүн тэнитиигэ инникитин да үлэлэһиэхпит диэн туран эттэ: «Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар специалитары бэлэмниир үрдүк үөрэх кыһатын кытта бииргэ үлэлэһэбит. Билигин, кырдьык, хаһаайыстыбаларга зоотехниктар, бэтэринээрдэр, технологтар тиийбэттэр. Бу боппуруоһу министиэристибэ болҕомтоҕо ылбыта, онон үлэлэһиэхпит».

Петр Аполлонович оскуола кэннэ 1951 сыллаахха Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун кыһыл дипломунан бүтэрэн, салгыы Москваҕа үрдүк үөрэххэ киирбитэ. 1956 сыллаахха Москватааҕы бэтэринээринэй академияны кыһыл дипломунан бүтэрэн, биолог-охотовед-зоотехник диэн квалификациялаах Саха сиригэр ананан кэлбитэ.

1956–1965 сс. – Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун научнай үлэһитэ.

1965 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидатыгар диссертациятын көмүскээбитэ.

1965-1982 сс. Саха сиринээҕи государственнай университетка тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар зоотехниктар кафедраларыгар сэбиэдиссэйинэн, доценынан үлэлээбитэ.
25 сыл устата саха сүөһүтүн уратытын чинчийбит Петр Аполлонович Романов үлэлэрин АГАТУ устудьуоннара, инникитин зоотехник, бэтэринээр идэтин баһылыыр дьон, туһаныахтара, кини олоҕун холобур оҥостуохтара диэн санаанан салайтаран «Саха сүөһүтэ» генофонда хааһына тэрилтэтэ АГАТУ-ну кытта бииргэ үлэлэн, кыттыһан аудиторияны оҥордулар. Ол курдук «Саха сүөһүтэ» тэрилтэ интерактивнай дуоска бэлэхтээтэ уонна саха сүөһүтүн уратытын кэпсиир стендэлэри оҥортордо.

«Биһиги Нам улууһун Таастаах нэһилиэгэр баар отделениебытыгар научнай киин тутуллубута. 30 сүөһү турар хотонноох, олорор, үлэлиир дьиэлээх. Манна АГАТУ устудьуоннара тахсан чинчийэр үлэни, араас практическай дьарыктары ыытыахтарын сөп. Биһиги бииргэ үлэлииргэ бэлэммит. Билигин зоотехник, бэтэринээр, технолог курдук сүрүн идэлэргэ үөрэнэр устудьуоннар харахтара умайан олоруохтаах. Кинилэр биһиги төрүт дьарыкпыт инникитэ, салгыыта буолаллар. Кинилэргэ кыах баарынан билиилэрин хаҥаталларыгар тирэх буолуохтаахпыт», — диэн бэлиэтээтэ Александр Артемьев.

Петр Аполлонович туһунан үөрэппит устудьуоннара бэрт истиҥник ахтан аастылар. Бары биир киһи курдук  үтүө майгытын, сэргэх лекциятын уонна төрөөбүт дойдутугар хайдах курдук бэриниилээҕин бэлиэтээтилэр.

«Петр Аполлонович Саха сиригэр сүөһүгэ искусственнай буоһатыыны киллэриигэ үлэлээбит дьонтон биирдэстэрэ. Аны туран, ынах сүөһүнү уотууга уонна ньирэйдэри улаатыннарыыга үлэлэрин Саха сирин үгүс хаһаайыстыбалара туһаммыттара», — диэн кэпсээтэ Татьяна Протопопова, «Сахаагроплем» искусственнай буоһатыы отделын зоотехнига.

«Биһиги дьоллоох дьон эбиппит, Петр Аполлонович Романов курдук киэҥ билиилээх киһиэхэ үөрэммит. Ол да иһин бары зоотехник идэтин баһылаан, үлэлээн-хамсаан кэллибит. Кини биһиги сүрэхпитигэр идэни таптыыр курдук умуллубат, күүстээх уоту умаппыт дьонтон биирдэстэрэ», —   диэтэ Андрей Турантаев, «Саха сүөһүтэ» генофонда хааһына тэрилтэтин кылаабынай зоотехнига.

АГАТУ ректора Валерий Федоров махталын биллэрдэ: «Устудьуон күнэ биһиэхэ биир ураты, бэлиэ күн. Ол курдук былырыын АГАТУ «Лена» диэн ат спортивнай комплексыгар үөрэнэр манеж аһыллыбыта. Онтон быйыл П.А. Романов аатын сүгэр Саха төрүт сүөһүтүн аудиторията. Инникитин аудиторияны материальнай-техническэй өттүнэн байытан, сайыннаран иһиэхпит. Онтон ити үөһэ этиллибит этиилэри ылынан, «Саха сүөһүтэ» тэрилтэни кытта бииргэ үлэлэһиэхпит. Бары да АГАТУ устудьуоннара киэҥ билиилээх, тыа сиригэр баран үлэлиир-хамсыыр кыахтаах дьон буолуохтарын баҕарабыт. Маныаха маннык анал аудиториялар көмө буолаллар».

Тэрээһин кыттыылаахтара саҥа олугу уурсан, санааларын этэн тарҕастылар. Этиллибит тыллар үтүө түмүктээх буоллуннар, суруйда «Саха сүөһүтэ» тэрилтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА