15 Тохсунньу 15.01
  • -42°
  • $ 103,44
  • 106,25

Абыйга “Тоҥ балык” күрэҕэ быйыл хаһааҥҥытааҕар да сонун буолла

11:12, 29 ноября 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Уол оҕо үөрүйэх илиитинэн бэрт имигэстик, холкутук туттан эмис балык өрөҕөтүн сытыы быһаҕынан кыһа олорорун көрдөххүнэ, Хоту сир ханнык да эр киһитэ киин улуус эр дьонуттан туох эрэ ордуктаах курдук саныыгын. Көмүс хатырыктаах бултанара көҥүллэнэрин тухары Абыйга төрүт дьарык умнуллубат. Соторутааҕыта Сыаҥааннаахха «Тоҥ балык» күрэх буолла. 


Сыаҥааннаахха тыа хаһаайыстыбатын күнүн бэлиэтээн “Тоҥ балык” күрэҕэ буолан ааста. Сыл ахсын ыытыллар хоту дойду маанылаах аһын биһирэмнээх күнэ элбэх киһини муста.

Күрэх иннинэ ас-үөл дьаарбаҥката тэриллэн 33 ас көрүҥүн атыылаан I түөлбэ бастаата (сал. А.А. Куликова). Быйылгы тэрээһин уратытынан эбии “Саха быһаҕа” диэн күрэх баар буолла. Онно ким быһаҕа сытыытын эрэһиинэни, буойулаҕы, кумааҕыны, быаны быһан көрдөрдүлэр. Түмүккэ I түөлбэ олохтооҕо Дмитрий Соломов бастаата.

“Дойдум минньигэс аһа” түһүмэх дьэ кырдьык минньигэс буолла. Манна “Талахтаах” түөлбэтин сылгы иһиттэн, этиттэн оҥоһуллубут бүлүүдэтэ уонна минньигэс бөрүөгэ көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылан, бастаан таҕыста.

Балык күрэҕэр “Царь-рыба”- I миэстэ Марк Зырянов буолла. III  түөлбэ таһынан бэтэрээннэр уонна эдэр ыччат хамаандалара кытыннылар. Онон хамаанданан күрэх уопсай түмүгэр “Талахтаах” түөлбэтэ иннин кимиэхэ да биэрбэтэ.

Ааптар: Анастасия Сорокоумова 

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА