2030 сылга диэри Саха сиригэр «Бүлүү», «Халыма» уонна «Лена» федеральнай суоллары сылы эргиччи үлэлиир буолуохтаахтар, ол иһигэр Лена, Алдан уонна Бүлүү өрүһү туоруур муосталар тутуллуохтаахтар. Бу туһунан «Якутия Live» биэриигэ Саха сирин бырабыыталыстыбатын отчуотун кэмигэр РФ бэрэсэдьиэнигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов кэпсээтэ, диэн СИА кэпсиир.
РФ бэрэсэдьиэнигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ — өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Андрей Федотов ааспыт сыл бүтүүтэ судаарыстыбыннай Сэбиэккэ дойду транспортнай стратегията бигэргэммитин санатта.
Госсовет мунньаҕар Саха сирин баһылыга Айсен Николаев ыалдьыттаата уонна дойду бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин «Бүлүү», «Халыма» уонна «Лена» үс федеральнай массыына суолларын 2030 сылга диэри сылы эргиччи үлэлиир оҥорор этиини өйөөн турардааҕын санатта. «2030 сылга бу суоллар сылы эргиччи үлэлиэхтэрэ, Өлүөнэ, Алдан уонна Бүлүү өрүһү туоруур муосталар баар буолуохтара», — диэн кэпсээтэ.
Кини өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата билигин Иркутскай уобалаһы кытта ситимниир суол баар буоларын туһугар үлэлиир диэн эбэн эттэ.
«Бу боппуруоһунан биһиги постпредствоҕа 2018 сылтан дьарыктанабыт. Айсен Николаев дойду тырааныспорын уонна Росавтодор министиэристибэтин салалтатын кытта көрсүбүтэ. Оччолорго «Бүлүү» суолун холбооһун туһунан быһаарыы ылыллыбыта — билигин бу үлэ балайда сыҕарыйда», — диэн түмүктээтэ.