Нолуок сулууспатын Саха сиринээҕи управлениета санатарынан, физическай сирэйдэр дохуоттарыгар нолуокка декларационнай хампаанньа саҕаланна.
Физическай сирэйдэр, ааспыт сылга үс сылтан кырата суох бас билиигэ илдьэ сылдьыбыт баайы-дуолу, тырааныспары, сир учаастагын атыылаан (манна киирсибэт баайы-дуолу 1 мөл солк, атын көрүҥү 250 тыһ солк диэри атыылаабыта), кыбартыыраны арендалаан, дохуот киллэриммиттэр 3-НДФЛ декларацияны 2024 сыл муус устар 30 күнүгэр (өрөбүллэри учуоттаан ыам ыйын 2 күнүгэр) диэри тиксэриэхтээхтэр.
Кинилэри сэргэ дохуоттарын предпринимателлэр, адвокаттар уонна нотариустар көрдөрүөхтээхтэр.
Декларациянан көрүллүбүт нолуогу 2024 сыл от ыйын 15 күнүгэр диэри төлөнүөхтээх.
Сиһилии https://ysia.ru/v-nalogovoj-sluzhbe-razyasnili-kak-legche-podat-deklaratsiyu-o-dohodah-za-2023-god/