22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ыам ыйын 6 күнэ. Эрдэлээбит кус кэлэр. Ол туһунан Бикипиэдьийэ суруйар

09:01, 06 мая 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ыам ыйын 6 күнэ Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, сорох түүрдэргэ бүгүн Хыдыр күнэ (Хедерлез, Хыдырэллэс, Хыдырез) — сүөһү иитэр дьоҥҥо кыһын түмүктэнэн, сайыҥҥы дьыл саҕаланар. Бу күн хой оҕотун сииллэр, кутаа үрдүнэн ойуоккалыы оонньууллар, сүөһү маныыһыттарын кытта сөбүлэҥ түһэрсэллэр. Бу күн Саха сирин киин улуустарыгар эрдэлээбит кус кэлэр.


🔹1626 — Голландия колониһа Питер Минуит индеецтэртэн Манхэттен арыыны атыыласпыт. 1664 сыллаахха манна былааһы англичаннар ылбыттара, манна тутуллубут дьиэлэртэн саҕалаан Нью-Йорк куорат төрүттэммитэ.

🔹1881 — Арассыыйа импиэрийэтэ Ахал-Текин сирин бэйэтигэр холбообут (аныгы Туркменистаан сорҕото).

🔹1889 — Парижка Аан дойдутааҕы быыстапка аһыллыбыт. Манна анаан Эйфель башня туппута, быыстапка кэнниттэн суох гынар былааннаахтара.

🔹1900 сыллаахха Дьокуускайга кулун тутар 7 күнүттэн ыам ыйын 6 күнүгэр (урукку ааҕыынан олунньу 23 — муус устар 23) диэри «Саха уобалаһын туора урдустарын олохторун-дьаһахтарын уонна салаллыыларын уларытыы туһунан» («О преобразовании устройства и управления инородцев Якутской области») диэн ааттаах Саха уобалаһын бырабылыанньатын мунньаҕа буолбут.

🔹1925 — «Автономная Якутия» хаһыакка Өксөкүлээх Өлөксөй «Грядущая гидра (О предстоящей засухе)» диэн ыстатыйтата тахсыбыт.

🔹1944 — Саха сиригэр бортпроводниктар сулууспалара төрүттэммит. «Красноярскай — Уэлькаль» салгын траассатын солбуйааччы начаалынньыга К. Ефимов бирикээһинэн стюардессалар дуоһунастарын киллэрбит уонна кинилэргэ аналлаах инструкцияны бигэргэппит.

🔹1994 — Ла-Манш аннынан Улуу Британияны уонна Францияны холбуур Евротоннель аһыллыыта.

🔹2001 — Устуоруйаҕа бастакынан Римскэй папа (Иоанн Павел II) мусульмааннар мэчиэттэригэр сылдьыбыт.

Төрөөбүттэр:

🔸1758 — Франция өрөбөлүүссүйэтин диэйэтэлэ Робеспьер төрөөбүт.

🔸1856 — Психоанаалыһы төрүттээбит быраас Зигмунд Фрейд.

🔸1923 — Владимир Этуш төрөөбүт, тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, педагог («Кавказская пленница», «Иван Васильевич меняет профессию»).

🔸1941 — Римма Гаврильева (06.05.1941—15.07.2003) — саха былыргы таҥаһын чинчийбит устуоруйа билимин хандьыдаата.

🔸1985 — Гаврил Андросов — бэйиэт, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.

Өлбүттэр:

🔹2004 — Нам Хатырыгыттан төрүттээх дьоһуннаах худуоһунньук Иннокентий Пестряков (19.07.1962 төр.).

🔹2011 — Хаҥалас Иккис Дьөппөн нэһилиэгэр Михаил Скрябин (28.12.1946 төр.) — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа. Биллиилээх Арассыыйа режиссера А. Балабанов бэйэтин киинэлэригэр сөбүлээн устар артыыһа этэ (Кочегар, Груз 200, Американец).

https://sah.wikipedia.org/wiki/Гаврильева_Римма_Семеновна

https://sah.wikipedia.org/wiki/Андросов_Гаврил_Гаврильевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Пестряков_Иннокентий_Юрьевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Скрябин_Михаил_Архипович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Ыам_ыйын_6

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА