27 Муус устар 27.04
  • -0°
  • $ 92,01
  • 98,72

Ыам ыйын 6 - 8 күннэригэр үлэ төлөбүрүн ааҕыы

17:02, 05 мая 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ ыам ыйын 6 — 8 күннэригэр үлэ төлөбүрүгэр маннык быһаарыылары биэрэр. Суруйар edersaas.ru


Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан, кулун тутар 30 күнүттэн муус устар 30 күнүгэр диэри «үлэлээбэт күннэр» биллэриллибиттэрэ.

Онтон муус устар 30 күнүгэр Путин бу дьаһалы уһатан биэрбитэ. Үлэлээбэт күннэргэ хамнас төлөнөр. Ол гынан баран биири өйдүөххэ наада, бу өрөбүл уонна бырааһынньык күннэрэ буолбатахтар, онон ыйдааҕы ылар хамнас кээмэйэ төлөнөр.
РИА-новости суруйарынан, ыам ыйыгар хамнас муус устардааҕы курдук төлөнүөхтээх. Эбии ыйытыылары СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ арыйбыт суһал нүөмэригэр эрийэн ыйыталаһыаххытын сөп: 8800 100 14 03.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА