Россия президенэ Владимир Путин гаас ситимэ тардыллыбыт харыстанар зона таһыгар баар дьиэлэри көһөрүү туһунан быһаарыыны сиэрэ суоҕунан ааттаата.
Челябинскайтан чугаһынан гаас ситимэ ааһар учаастактаах киһи ыйытыыны биэрдэ. Кини приватизациялаах дьиэтин, гаас ситимэ тарлыллыбыт харыстанар зона 100 м-тэн 150 м-ҕэ диэри кэҥэтиллибитинэн, туох да компенсацията суох, көһөрүөхтэрин баҕаралларын иһитиннэрдэ. Ыйытааччы президентэн бу төһө сокуоннайын туоһуласта.
Владимир Путин бу маннык быһаарыы сиэрэ суоҕун эттэ. Кини этэринэн, гаас тардыллыбыт сиригэр-уотугар 150 м радиустаах сиргэ саҥа дьиэлэри тутууну бобуохха сөп. Онтон хайы-сах баар хаһаайыннаах дьиэлэри тыыппаттарыгар эттэ.
Санатар эбит буоллахха, маннык курдук балаһыанньа Саха сиригэр эмиэ баар. 2017 сыл сааһыгар Покровскайдыыр тракт уҥа өттүгэр хас да сир учаастага гаас сүрүн утаҕа ааһар сиригэр хабыллан хаалбыттар. Сорохтор дьиэлэрин онно туттубуттар, кэлин ол дьиэлэрин суох оҥорор туһунан суут быһаарыытын туппуттар. Сокуонунан маннык сиргэ дьиэ тутуллара бобуулаах диэн төрүккэ олоҕурбуттар.
«Мин боппуруоһу дьон интэриэһигэр миниистирдэр кабинеттара быһааралларыгар сорудах биэрдим. Тустаахтар дьиэ тутталларыгар эрдэ көҥүл ылбыттар. Сокуон этэринэн, итинник зоналарга дьиэ тутуллара бобуулаах. Суут дьон туһатыгар быһаарыы ылбата, ити эрээри онно олохтоохтор туох да буруйдара суох«, — диэбитэ оччолорго Ил Дархан Егор Борисов.
Кини этэринэн, бырабыыталыстыба икки хайысханы бииргэ быһаарар соруктаах: «Мин сорудаҕым баар, ол гынан баран бас билээччилэргэ көмөлөһүүгэ туох да юридическай төрүөт суох. Ити эрээри, миниистирдэр кабинеттара баар федеральнай сокуону тутуһан, дьон интэриэһин күөмчүлээбэт курдук быһаарыы ылалларыгар эрэллээхпин«.