22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Уоруу бэйэ дьалаҕайыттан эмиэ тахсыан сөп

13:09, 02 апреля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сорох ардыгар уоруйахтарга биһиги малбытын бэйэбит «ууран» биэрэбит — дьалаҕайбытыттан, көтүмэхпититтэн, болҕомтото, сэрэҕэ суохпутуттан. Маннык быһыы-майгы ордук элбэх киһи тоҕуоруьар сиригэр тахсыан сөп. 


Уоруйахтар бэйэлэрэ психолог курдуктар — туораттан кэтии-маныы сылдьан, ким хайдах турукка алаарыйа сылдьарын эндэппэккэ таайаллар уонна онон туһаналлар.

Ол курдук, Дьокуускай куорат полициятыгар аҕам саастаах киһи эрийэн, суумкатын уорбуттарын туһунан иһитиннэрбит. Суумкатыгар 6 тыһ. солк. харчылааҕа үһү.

Суһал-ирдиир тэрээһин кэмигэр оперативниктар бу уорууга уорбаланааччыны  — урут халааһыҥҥа түбэһэн, сууттана сылдьыбыт 30 саастаах киһини туппуттар.

Барыллаан быһаарыынан, уоруу суотабай сибээс салонугар тахсыбыт. Эмсэҕэлээччи киһи уочаракка туран сылайан, суумкатын муостаҕа уурбут. Ол кэмҥэ уоруйах киирбит уонна сиргэ турар суумканы биллибэтинэн  ылан тахсыбыт.

Бу чахчынан РФ Холуобунай кодексатын 158-с ыст. 1 чааһынан, ол эбэтэр уоруу бэлиэтэ баарынан, дьыала тэриллибит.

Бу туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар