26 Муус устар 26.04
  • -5°
  • $ 92,13
  • 98,71

Уһун өрөбүллэргэ терапевтар уонна оҕо быраастара үлэлиэхтэрэ

11:01, 28 апреля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ыам ыйын 1 – 11 күннэригэр терапия уонна оҕо быраастара өрөспүүбүлүкэ бары мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр күннэтэ үлэлиэхтэрэ. Бу туһунан Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.


Поликлиника дьуһуурунай быраастара – терапевтар, оҕо быраастара – күннэтэ сарсыарда 09.00 — 15.00 ч. диэри ыарыһахтары көрүөхтэрэ. Учаастактааҕы быраастар ыарыһахха дьиэтигэр 09.00-15.00 ч. диэри сылдьыахтара.

Быһыыны туруорар пууннар күннэтэ 9.00 — 15.00 ч. диэри үлэлиэхтэрэ. Маны таһынан поликлиникаларга больничнайы астарыахха, сабыахха, ыспыраапка ылыахха, рецепт суруттарыахха сөп.

Ыарыы элбэҕинэн сибээстээн Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар туһаайан харыстаналларыгар — маасканы кэтэллэригэр, элбэх дьонноох сиргэ сылдьартан туттуналларыгар сүбэлиир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА