17 Ыам ыйа 17.05
  • $ 90,92
  • 98,9

Тускул: “Быйыл күһүн хойут идэһэлэниэхтэрэ”  

15:19, 02 октября 2023
Хаартыска -- Ольга Пестерва түһэриитэ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Үгэс быһыытынан ый саҥатыгар норуот синоптига Тускул алтынньыны билгэлээтэ.

— Ый бастакы дэкээдэтэ үгүс киин улуустарга хаардаах, ардахтаах буолуоҕа. Бу ый уон күнэ, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, сылаас. Бүлүү эҥээр бастакы уон күҥҥэ син сөҥүүлээх, иккис дэкээдэттэн хаардаах. Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга иккис дэкээдэттэн хаардаах, ардахтаах. Алтынньы бу эҥээр улуустарга улахан тымныыта суох. Өймөкөөҥҥө хаар суох, ол оннугар элбэх күннээх буолуоҕа. Халыма-Индигиир эҥээр улуустарга, өтөрүнэн кэлбэтэх алтынньы бэлиэтэниэҕэ. Ол курдук, сөҥүү олох суох курдук: ый иккис, үһүс дэкээдэлэригэр ыраас күн элбэх буолан, дьиэ таһыгар үлэлииргэ, кыстыкка бэлэмнэнэргэ, балыктыырга табыгастаах буолуо.

Көстөрүн курдук, алтынньыга тымныы түспэт, ичигэс күн элбэх. Онон күһүн өссө да уһуур, быйыл да идэһэ хойуутуур чинчилээх. Сүөһү хотоҥҥо киирэрэ өссө да ыраах, — диэн билгэлээтэ.

Елена Потоцкая, Саха сирэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар