Дьокуускайга Туймаада ыһыаҕын саайта үлэтин саҕалаата. Сотору кэминэн манна саха национальнай бырааһынньыгын тэрээһиннэрин бырагыраамата тахсыаҕа, суруйда куорат дьаһалтата.
Саҥа порталга дьон балаакканан куоракка миэстэ ылыан сөп.
Саайтка сонуннар, куонкурустар балаһыанньалара, Үс Хатыҥҥа тиийии маршрута баар буолуоҕа. Маны сэргэ ыһыахтар историяларын, архыыптарын билсиэххэ сөп.
Туймаада ыһыаҕа Дьокуускайга бэс ыйын 29-30 күннэригэр буолуоҕа.