22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Трутнев: ВЭФ кэмигэр 3,8 трлн солкуобай суумалаах 373 сөбүлэһиигэ илии баттанна

12:06, 18 сентября 2023
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Илиҥҥи экономическай форумҥа 3,818 трлн солк. 373 сөбүлэһиини түһэристилэр. Бу туһунан Москваҕа  буолбут пресс-кэмпириэнсийэҕэ РФ вице-премьерэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев иһитиннэрдэ, диэн ТАСС суруйар.

« 3 трлн 818 млрд солк. суумаҕа 373 сөбүлэһиигэ илии баттанна. Биһиги 3 трлн сөбүлэһиигэ илии баттанна уонна 3,8 трлн. суумаҕа бырайыактар олоххо киириэхтэрэ диэбэппит. Маннык син биир буолбат, биһиэхэ «туһалаах бородуукта» оҥоһуллан тахсыыта 70% кэриҥэ буолуохтаах», — диэтэ кини.

Трутнев иһитиннэриитинэн, ВЭФ-ка үлэ түмүгүнэн саамай элбэх инвестицияны Амур уобалаһа киллэрдэ — 173 млрд солк. Ону тэҥэ, «Уһук Илиҥҥи кыбаартал» инструменнарын туһанан дьиэ тутуутугар хас да сөбүлэһиигэ илии баттанна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар