ОДЬКХ Тааттатааҕы салаатын салайааччыта Степан Петров үлэ былаан быһыытынан бара турарын иһитиннэрдэ. Кыстык этэҥҥэ ааһан эрэрин биллэрдэ.
Таатта улууһугар ааспыт нэдиэлэҕэ дуогабара суох сокуону кэһэн, 34 ыал уопсай ититиниигэ холбонон олороллоро бэлиэтэннэ. Ол иһигэр 20 ыал туох да техническэй өттүнэн дуогабара суох. Маны сэргэ Д.А.Петров аатынан Ытык-Күөллээҕи 2-с нүөмэрдээх орто оскуола ититиллэр иэнин сокуоннайа суох улаатыннарбыта билиннэ.
«Бэрэбиэркэ түмүгүнэн туһааннаах тэрилтэҕэ, чааһынай ыалларга бу күннэргэ тустаах суруктар ыытыллыахтара. 20 киһиэхэ полиция нөҥүө административнай буруйу оҥоруунан дьаһаллар ылыллыахтаахтар«, — диэтэ Степан Петров.
Улууска сыл аҥардааҕы былаантан чох 81 бырыһыана таһыллыбыт, уопсайа былаан 28800 туонна.
Алдан, Игидэй нэһилиэктэригэр эргэ хочуолунайдар, балаансаттан уһулла иликтэринэн, бу кэмҥэ көтүрүллүбэттэрин салайааччы эттэ. Улууска көтүрүллүөхтээх 35 хочуолунай баарыттан 26-та хаалбыт. Маны көтүрэргэ бу эбийиэктэр турар сирдэринэн нэһилиэнньэҕэ төһө кутталлаахтарынан, эргэлэринэн испииһэк оҥоһуллар сорук турар, тэрилтэ онно үлэлэһэр.
Ааптар: «Таатта» хаһыат телеграм-сирэйиттэн.