Бэс ыйын 16 күнүгэр Сунтаар улууһугар Агдаары үрэҕи туоруур муоста сууллубута. Прокуратура бэрэбиэркэтин кэннэ холуобунай дьыала тэрилиннэ. Бу туһунан биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Муоста тутуу ирдэбиллэрин, үлэ хаачыстыбатын кэһии түмүгэр сууллубутун бэрэбиэркэ бигэргэттэ. РФ УК 216 ыст. 1 ч. (“Нарушение правил безопасности при ведении строительных работ, повлекшее по неосторожности причинение крупного ущерба”) холуобунай дьыала тэрилиннэ.
Былырыын муус устар ыйга Сунтаар улууһун тутуу комплексын Управлениета уонна «Меркурий» ХЭТ массыына суолун өрөмүөннүүргэ, муоста тутуутугар муниципальнай хантараак түһэрсибиттэр. Эбии сөбүлэҥ түмүгүнэн хантараак уопсай сууммата 30 мөл солкуобайтан тахсыбыт.
Муостаны 2019 сыл муус устарыттан 2020 сыл ыам ыйыгар диэри туппуттар. Үлэ иһин 28,5 мөл солк төлөммүт. Билигин силиэстийэ прокуратура хонтуруолунан өссө да бара турар.