Оҕо коронавируска сутуллубатаҕын туһунан ыспыраапка, кини COVID-19 дьаҥы тарҕатааччы буолбатаҕын мэктиэлээбэт. Бу туһунан суһал штаб иһитиннэрдэ, диэн суруйар СИА.
«Улуустарга тарҕанар сыстыганнаах ыарыы киин куораттан тыаҕа сынньана барар оҕолорунан тириэрдиллэрэ баар. Үгүстэр оҕо коронавируһа суох диэн ыспыраапкалаах буоллаҕына, ол аата кини доруобай буоларын мэктиэлиир диэн санаалаахтар. Ити эрээри, хомойуох иһин, оннук буолбатах. Вирус олус түргэнник бэриллэр. Ол иһин сайыҥҥы сынньалаҥ икки көрүҥэ баар — дьон оҕону оройуоҥҥа ыытартан аккаастыахтаах, эбэтэр медицина кэтээн көрүүтүгэр туруоруохтаах, оччотугар икки нэдиэлэ кэтэбилгэ сылдьар. Онно анаан усулуобуйа тэрилиннэ«, — диэтэ штаб салайааччытын солбуйааччыта Ольга Балабкина.
Кини иһитиннэрбитинэн, ааспыт түбэлтэлэр чуолаан куораттан тыаҕа тиийбит оҕолортон тахсыбыт. Бэс ыйын 23 күнүгэр эбии 75 киһи ыалдьыбыт. Ол иһигэр Дьокуускайга — 61, Кэбээйигэ — 1, Ленскэйгэ — 2, Намҥа — 2, Нерюнгрига — 6, Сунтаарга — 2, Хаҥаласка — 1.