Ем.Ярославскай аатынан Саха национальнай музейыгар, сарсын ыам ыйын 18 күнүттэн от ыйын 3 күнүгэр диэри Хаарчаана Баппаҕай оҥорбут куукулаларын быыстапката арыллыаҕа диэн СИА иһитиннэрэр.
Быыстапкаҕа ааптар оҥорбут Саха сирин норуоттарын көрдөрөр куукулалар туруохтара: сахалар, урукку олохтоох нууччалар, дьүкээгирдэр, эбээннэр, эбэҥкилэр, долганнар уонна чукчалар. Бу куукулалар хас биирдии норуот сиэрин-туомун, култууратын туһунан тас көрүҥнэринэн кэпсииллэр. Кэрэ мөссүөннэрэ, табыгастаахтык чочуллубуттара киһини сөхтөрөр.
“Биһиги былырыын аатырбыт маастарга Хаарчаана Баппаҕайга Саха сирин сэттэ норуотун көрдөрөр куукулалары оҥороругар сакаастаспыппыт. Ааптар сөбүлэҥин биэрэн, сыл устата ылсан үлэлэстэ. Кини куукулаларын биһиги пуондабыт муспут матырыйаалларыгар олоҕуран оҥордо, онон бу куукулалар чахчы историяны туоһулууллар, култуураны көрдөрөллөр. Барыта холбоон 14 куукула буолла, хас биирдии норуокка уоллаах кыыһы. Бу куукулалар музей пуондатыгар киирдилэр”, — диэн Ем.Ярословскай аатынан музей этнография секторын исписэлииһэ Елизавета Алексеева кэпсиир.
Быыстапкаҕа киирии билиэт 100 солкуобайтан саҕаланар, 18-гар диэри саастаах оҕолорго босхо.
Санатан эттэххэ, Хаарчаана Баппаҕай ураты уонна эриэккэс куукулалары оҥорорунан дьарыктанар. Кини үлэлэрэ дойду, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах быыстапкалары киэргэппиттэрэ, айар быыстапката “Россия — моя история” мультимедийнай пааркаҕа буолбута. Ааптар Дьокуускайдааҕы Арктика култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай институтун бүтэрбитэ.