Марафоҥҥа Россия биэс төгүллээх чемпиона Сардана Трофимова Ильмень күөл тула сүүрүүнү өйөөтө уонна амбассадор буолла. Тэрээһин Саха сирин буойун геройдарыгар ананар. Дьаһал иккис төгүлүн ыытыллар, өрөспүүбүлүкэттэн биэс спортсмен кыттар, СИА суруйар.
Саха сирин биэс спортсмена ыам ыйын 4 — 7 күннэригэр дойду биир улахан күөлүн тула 260 км-тан ордугу сүүрүөхтэрэ. Сардаана Трофимова иһитиннэрбитинэн, кинилэр ортолоругар Улуу сэрии кыттыылаахтарын сиэннэрэ бааллар. Сүүрүүнү Саха сирин спордун бэтэрээнэ Дмитрий Горохов салайыаҕа. Кини бу бырайыак көҕүлээччитэ.
Быйылгы сүүрүүнү Новгород спортсменнара өйүүллэр. Великай Новгородка саха сүүрүктэригэр NovgorodRun кулууп 20 чилиэнэ кыттыһыаҕа. Финишка, ыам ыйын 7 күнүгэр, Старорусскай оройуон оскуолаларын 40 үөрэнээччитэ сүүрсүөҕэ.