3 Ыам ыйа 03.05
  • $ 91,69
  • 98,56

Саха сирин жокейа Александр Лиханов Россияҕа 27-с төгүлүн кыайыыны ситистэ

17:01, 15 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хаҥалас улууһун Чапаевотыттан төрүттээх Уфа аты эрчийэр киинигэр үлэлии сылдьар удьуор ат сүүрдээччи Александр Лиханов 27-с төгүлүн Россия ат сүүрдүүтүн кыайыылааҕа буолла. Бу туһунан «Спорт Якутии» сайт суруйар.


Александр 2400 миэтэрэҕэ 2.44,3 сөк.көрдөрүүлээх кэлэн «Терра Башкирия» конноспортивнай турнир VIII-с түһүмэҕэр кыайыылааҕынан буолла.

Александр Казань, Москва, Уфа, Пятигорск ипподромнарыгар барыта 198 стартаабытыттан 27-тэ кыайбыт, 120-тэн тахса бириистээх миэстэлэргэ тиксибит. Барыта холбоон 2 690 099 солкуобайынан наҕараадаламмыт. Александр Лиханов аҕата Семен Лиханов сахаларга биллэр ат сүүрдээччи.

Сиһилии манна аах http://sportyakutia.ru/novosti/65-konnyj-sport/12522-likhanov-prodolzhaet-radovat-zhokej-iz-yakutii-stal-obladatelem-priza-elity-v-ufe

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА