2 Ыам ыйа 02.05
  • $ 91,78
  • 98,03

Саха сирин устудьуоннара «Үөрэххэ кирэдьиити» уопсайа 5,6 мөл солк оҥортордулар

10:01, 22 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сбербааҥҥа 2019 сыллаахтан устудьуоннар үрдүк үөрэххэ үөрэнэллэригэр төлөбүрдэригэр аналлаах кирэдьииттээһин бырагыраамата үлэлиир, судаарыстыбаттан өйөбүллээх. Саха сирин устудьуоннара уопсайа 5,6 мөл тахса солк туһаннылар.


«Үөрэххэ кирэдьиити» устудьуон бэйэтэ оҥорторор. Үрдүк үөрэҕин кыһата судаарыстыбаннай лицензиялаах буолуохтаах. Кирэдьиит үөрэҕи төлүүргэ эрэ бэриллэр, бигэргэтэр киһи уонна устудьуон дохуота ирдэммэт.

2020 сыл күһүнүгэр кирэдьиит бырыһыана 8,5%-тан 3%-ҥа диэри түстэ. Кирэдьиити сабыы үөрэнэрин устатын тухары, эбии өссө 9 ый бэриллэр. Бу кэмҥэ кини сүрүн иэһин төлүө суоҕун сөп, бастакы сылыгар бырыһыанын 40%, иккис сылыгар — 60% уйунуон сөп. Толору төлөбүр — үһүс сылыттан саҕаланар. «Үөрэххэ кирэдьиит» 15 сыл уһун болдьоххо бэриллиэн сөп. Иэһи эрдэ сабыахха сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА